ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

6 апреля 2015, 11:30

Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы: Субсидия болдьоҕор туһаныллыахтаах


Өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ араас араҥатын дьиэнэн хааччыйыыга туһуламмыт программалар бааллар. Анаабыр улууһугар «Хаачыстыбаннай дьиэнэн хааччыйыы» муниципальнай тус сыаллаах программа үлэлиир. Бу программаҕа баар эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы туһунан хос бырагыраама элбэх эдэр ыалга көмө-тирэх буолла. Холобур, ааспыт 2014 сылга 7 эдэр ыал дьиэ-уот сертификатын ылбыта.

Бу сертификатынан ким туһаныан сөбүн туһунан Анаабыр улууһун эдэр ыччаты кытары үлэҕэисписэлииһэ Мария Платонова бу курдук быһаарда:

- «Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы» программаҕа 35-гэр диэри саастаах эдэр ыаллар эбэтэр толорута суох оҕолоох дьиэ кэргэн киирсэллэр. Атыылаһыллар эбэтэр тутуллуохтаах дьиэ уопсай сууматын 40%-на государство бюджетыттан субсидия быһыытынан төлөнөр, 60%-нын эдэр ыал бэйэтэ уйунуохтаах. Ол иһин уочаракка турар ыал кредит төлөһөр дохуоттаах буолуохтаах.

Сылын ахсын субсидияны анааһыҥҥа сэттэ киһилээх хамыыһыйа үлэлиир. Субсидия 9 ыйга бэриллэр. Ылбыт ыаллар сыл бүтүөр диэри туһаныахтаахтар. Болдьохпут уһун диэн наҕылыйбакка, сүүрэн-көтөн докумуоннарын оҥорторон, харчыларын ыла охсуохтарын наада. Быйыл 3 ыал кэмигэр дьаһаммакка, хойутаан хааллылар. Ол иһин сыл аайы көрдүүр харчыбыт кээмэйэ аҕыйыы турар. Бэйэҕитин эрэ санаабакка, кэлэр сылга субсидия ылыахтаах ыаллары эмиэ өйдөөн туран, бэриллибити кэмигэр туһаныҥ.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 783 Источник: ЯСИА Автор: Е. Андросова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ