Дойдуга
Бастатан туран, амнистия буруйу бырастыы гыныыттан («помилование») уратытын быһаардахха, амнистия чопчу биир киһиэхэ буолбакка, буруйдаахтар хас да көрүҥнэригэр туһуланар. Сабаҕалааһын быһыытынан, дойду үрдүнэн 12-тэн 25 тыһыынчаҕа тиийэ киһи буруйу боруостааһынтан босхолонуохтаах.
Биллэрин курдук, амнистияҕа буруйу аан бастаан оҥорбуттар уонна биэс сылга диэри көҥүллэрэ быһыллыбыт дьон хапсар: кыра уонна орто буруйдары оҥорбуттар, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор, кыра оҕолордоох дьахталлар, хат дьахталлар, I уонна II бөлөххө киирэр инбэлииттэр, 55-тэн үөһэ саастаах дьахталлар, 60-тан үөһэ саастаах эр дьон.
Маны тэҥэ, босхолонуохтарын сөп — Чернобыллааҕы АЭС саахалын туоратыыга үлэлээбиттэр, байыаннай сулууспалаахтар, ис дьыала уорганнарын уонна накаастабылы толоруу систиэмэтин урукку үлэһиттэрэ, Аҕа дойдуну көмүскээһиҥҥэ кыттыбыт дьон. Амнистиянан хаайыыттан тахсыахтарын сөп — РФ Холуобунай кодексатын 213-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, күлүгээннээн сууттаммыттар итиэннэ 264-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, массыына ыытан иһэн сэрэҕэ суохтан киһини эчэтэн хаайыллыбыттар. Усулуобунай миэрэнэн сууттаммыттар, билигин силиэстийэлэнэ эбэтэр сууттана сылдьар дьон эмиэ накаастабылтан босхолонуохтарын сөп.
Ыар уонна ураты ыар буруйдары оҥорбуттар, рецидивистэр, хаайыы режимин кэһээччилэр амнистияҕа хапсыбаттар. Холобура, өлөрүөхсүттэр, педофиллар, террористар, бэрээдэги маассабайдык кэһиини тэрийээччилэр уо.д.а. Амнистиянан урут босхолоно сылдьыбыт киһи бу сырыыга хапсыбат.
Россияҕа 2000 сылтан аахтахха, амнистия аҕыста биллэриллэ сылдьыбыт. Итилэри барытын холбоотоххо, оччолорго 1 мөл. киһи босхоломмут. Онуоха саамай киэҥ хабааннаах амнистияларынан 2000 сыллааҕыны (Улуу Кыайыы 55 сылынан) уонна 2006 сыллааҕыны (Хотугу Кавказка контртеррористическай эпэрээссийэлэр кэмнэригэр буруйу оҥорбуттарга) ааттыыллар.
Биһиэхэ
Амнистия хайдах толорулларый? Россия Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын (УФСИН) пресс-сулууспата биһиги хаһыаппытыгар иһитиннэрбитинэн, билигин хаайыыга олорооччулар тус дьыалаларын үөрэтии, төһө киһи босхолонуон сөбүн ааҕыы, быһаарыы саҕаламмыт. Ол кэнниттэн докумуоннары (онно буруйун боруостааччы тус дьыалата, биһирэммитин эбэтэр сэмэлэммитин туоһулуур уо.д.а. ыспыраапкалар сыһыарыллаллар) республика прокуратуратыгар бигэргэтиигэ ыытыллаллар.
Онтон прокуратура бигэргэппитин кэнниттэн, ону холуонньалар, СИЗО уонна холуобунай-исполнительнай инспекциялар начальниктара амнистия туһунан уурааҕы толорбутунан бараллар. Оттон усулуобунай миэрэлээхтэр дьылҕалара суут уурааҕынан быһаарыллар. РФ Холуобунай-исполнительнай кодексатын 173-с ыст. 5-с чааһын («Буруйу боруостааһыны тохтотуу, босхолонуу бэрээдэгэ») ирдэбилинэн, амнистиялыыр туһунан прокурор бигэргэппит уурааҕа эбэтэр суут уурааҕа холуонньаҕа тиийбит күнүгэр тута хаайыылаах босхолонуохтаах.
Биһиги холуонньаларбытыттан, барыллаан ааҕыынан, үс эрэ киһи босхолонон тахсыан сөп. Бу үс киһиттэн иккитэ 2 №-дээх көс-холуонньаҕа буруйун боруостаан олорор (биирэ I бөлөххө киирсэр инбэлиит, иккиһэ күлүгээннээн түбэспит). Үһүс, эмиэ күлүгээннээһиҥҥэ түбэспит киһи, 3 №-дээх Үөһээ Бэстээхтээҕи уопсай режимнээх холуонньаҕа олорор.
Аны көҥүллэрэ быстыбатах, ол эбэтэр, усулуобунай миэрэнэн сууттаммыттарга, накаастабыла туолар болдьоҕо көһөрүллэн биэрбит эбэтэр боруостана илик болдьоҕо сымнаҕас миэрэнэн солбуллубут дьоҥҥо сыһыаннаан эттэххэ, 200-кэ киһи накаастабылтан босхолонуон сөп. Ол, сүрүннээн, — сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолордоох дьахталлар (80-ча киһи), 16 сааһыгар диэри буруйу оҥорбут 30-ча киһи уонна I, II бөлөххө киирэр 10-ча инбэлиит. Маны сэргэ, бэрээдэги маассабайдык кэһиигэ кыттыбыт, күлүгээннээн уонна суол быраабылатын кэһэн сууттаммыт 65-чэкэ киһи амнистияҕа хапсыан сөп. Сүрүннээн, Дьокуускай, Нерюнгри, Мирнэй куораттар холуобунай-исполнительнай инспекцияларыгар учуокка турар дьон босхолонуоҕа диэн УФСИН пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Амнистия алта ый устатыгар туолуохтаах.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети