...Күн ахсын
Күөх халлаан улуу байҕалыгар
Күөгэйэ устар,
Күлүмүрдүү оонньуур
Күн таҥара
Күлүгэр сүгүрүйэн көрдөһөбүн
Күүстээх иэйиим ымыыта
Күндү Куобун
Итиитинэн угуттаан,
Иэдэһиттэн уураан,
Иэйиэхситтии көмүскээн,
Ийэ кутун бөҕөргөтөн –
Истиҥ ийэлии сыһыаннаһарыгар...
Көрдөстүм,
Көмүһүн үйэ-саас тухары
Көмүскүөхтээх
Көҥүл боотур сүрэҕигэр
Күүс-күдэх угаргар
Күн Айыым!
Мнение автора может не совпадать с мнением редакции.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети