Бүтэйдээх олохтоохторо СИА-ҕа иһитиннэрбиттэринэн, олоххо куттал суох буолуутун төрүттэрин үөрэтэр уруок кэмигэр быһылаан тахсыбыт. 9 кылаас үөрэнээччилэрэ саанан буулдьата суох дии санаан оонньообуттар. «Саа ыппытыгар оҕолор бэйэлэрэ да улаханнык соһуйбуттар», - диэтилэр кинилэр.
Буулдьа үөрэнээччи хараҕар кэлэн түспүт, мэйиитигэр бэрт кыранан тиийбэтэх. Оҕо хараҕа суох хаалла.
«Мин бу кэмҥэ сэлиэнньэҕэ суоҕум. Онон бу туһунан сиһилии тугу да этэр кыаҕым суох. Уолум Дьокуускайга балыыһаҕа туох буолбутун ситэри өйдөөбөккө сытар», - диэн СИА-ҕа эттэ оҕо ийэтэ.
Кини эпиитинэн, Бүтэйдээххэ полицейскайдар, улуус үөрэххэ управлениетын үлэһиттэрэ кэлэ сылдьыбыттар. «Прокуратура эрэ тиийэ илик», - диэтэ ийэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети