ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

2 июля 2014, 10:09

HeadHunter чинчийиитэ: Саха сиригэр намыһах хамнаһы үрдэтиэххэ сөп дуо?


HeadHunter Работа@Mail.Ru порталы кытта биир дойдулаахтарбыт хамнастарыгар төһө сөбүлэһэллэрин, элбэх хамнастанарга туох мэһэйдиирин, хамнаһы үрдэтэргэ тугу гыныахха сөбүн туһунан ыйыталастылар. Онуоха анаммыт чинчитиини ыыттылар.

Саха сирин олохтоохторун баһыйар үгүстэрэ, ыйытыллыбыт дьон 76 бырыһыаннара хамнастарын сөбө суоҕунан ааҕаллар. Кинилэртэн үгүстэрэ онуоха үлэни биэрээччини буруйдууллар. «Тэрилтэ салайааччыта миэхэ хамнаһы үрдэтиэн баҕарабат», - диэтилэр ыйытыкка кыттыбыт дьон 55% . Ол эрээри хамнастарыгар сөпсөспөт дьон 15% «мин курдук идэлээхтэр элбэх хамнаһы ылбаттар», - диэн быһыыны-майгыны дьиҥнээхтик сыаналыы сатыыллар. 13% бэйэлэрин намыһах квалификацияларын хамнас дуона суоҕар буруйдууллар. Ыйытыллыбыттар 3% мөлтөхтүк үлэлииллэрин иһин хаманастара намыһаҕын туһунан аһаҕастык билинэллэр.

Ыйытыллыбыт дьонтон уонтан биир эрэ киһи намыһах хамнаһы утарар санаалаах. Атыттар бэйэлэрин квалификацияларын үрдэтэр эбэтэр эбии үлэни булар туһунан толкуйдууллар. Ыйытыллыбыт дьон 14% салалтаттан хамнаһын үрдэтэр туһунан көрдөһүөн сөбүн туһунан эппит. 20% тахсыылаахтык үлэлииргэ былааннанар.

Ыйытыгы Работа@Mail.Ru портал уонна HeadHunter ыам ыйын 23 күнүттэн бэс ыйын 10-гар диэри 3600 киһи ортотугар ыытылар. Ити дьонтон 335 киһи — Саха сирин олохтоохторо.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 3162 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ