ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

15 июля 2014, 15:00

HeadHunter ыйытыга: эдэр специалистар үлэ булалларыгар ыйтан ордук кэми барыыллар


Ити туһунан HeadHunter ыйытыгын түмүгэ көрдөрдө.

HeadHunter уонна Career.ru ыыппыт ыйытыгар Россия 2500 эдэр дьоно кыттыбыттар, олортон 326 — Саха сириттэн.

Үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэр уонна студеннар үлэ булалларыгар ортотунан 7 нэдиэлэни барыылларын ыйытык түмүгэ быһаарда. Саха сириттэн ыйытыллыбыт дьон үлэ булалларыгар 1-2 ыйы ыыталлар. Ыйытыллыбыт дьон 5% эрэ нэдиэлэ иһигэр үлэ булбуттарын туһунан эппиттэр. Түөрт төгүл элбэх киһи (20%) үлэни 3 уонна онтон элбэх ый көрдөөбүт.

Ыйытыллыбыт киһи 65% эппитинэн, үлэни биэрээччи кинилэргэ итэҕэйбэт уонна уопута суоҕун иһин үлэҕэ ылыан баҕарбат. Ыйытыллбыттар 43% хамнаска сөбүлэспэтэхтэр, оттон 11% интэриэһинэй дуоһунаһы, табыгастаах болдьохтоох үлэни буларга уустуктары көрсүбүт.

HeadHunter уонна Career.ru хас биирдии ыйытыллыбыт эдэр специалист бастакы үлэни булар ыараханын туһунан эппит. Оттон хас бэһис киһи үлэни олус дьаныардаахтык көрдөөбүтүн билиммит. Ону тэҥэ ыйытыллыбыттар 23% үлэ булалларыгар эрэйдэмммэтэхтэрин эппиттэр.

 HeadHunter уонна Career.ru портал ыйытыгы 2014 сыл ыам ыйын 1-21 күннэригэр ыыппыт. Барыта 2500 киһи кыттыбыт, онтон 326 — Саха сирин эдэр дьоно. 

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 3198 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ