Дьокуускай баһылыга Айсен Николаев Уус-Алдан историята, духуобунай, култуурунай баайа сөбүлэһии суолтатын биллэ үрдэтэрин бэлиэтээтэ. «Сөбүлэһии чэрчитинэн бигэ, хаһаайыстыбаннай ыкса сибээһи олохтуохпут диэн бүк эрэллээхпин», - диэтэ кини.
Алексей Федотов эппитинэн, бүгүҥҥү ааҕынан Уус-Алдан улууһугар 22 тыһ. киһи олорор. Эмиэ итиччэ кэриэтэ Дьокуускайга олохсуйбут дьон бэйэтин төрдүнэн Уус-Алданы ааҕар. «Сөбүлэһии биһиэхэ ураты улахан суолталаах. Олох бары эйгэтин докумуон хабар. Ити олоххо киириитэ улуус сайдыытыгар сүҥкэн олугу ууруоҕа», - диэтэ улуус баһылыга.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети