Уопсайынан ыллахха, өлөрүү, киһини ыараханнык эчэтии, уоруу, халааһын, талааһын, массыынаны күрэтии уонна күлүгээннээһин курдук буруйдар аҕыйыы быһыытыйбыттар. Уопсастыбаннай миэстэҕэ буруйу оҥоруу оннунан хаалбыт эбит буоллаҕына, уулуссаҕа аҕыйаабыт.
Олоххо-дьаһахха оҥоһуллар буруй ахсаана 20,8 %-нан аҕыйаабыт, ол иһигэр ыар уонна ураты буруйу оҥоруу – 31,4 %-нан. Дьиэҕэ-уокка 51 өлөрүү тахсыбыт (2013 сылга 83 этэ). Олоххо-дьаһахха буруйу оҥоруу Эбээн-Бытантайга, Үөһээ Бүлүүгэ, Аллайыахаҕа, Горнайга, Тааттаҕа уонна Жатай бөһүөлэгэр элбээбит.
Онтон арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу элбээһинэ 20 улууска бэлиэтэммит, ол – Уус Маайаҕа, Намҥа, Булуҥҥа, Тааттаҕа, Аммаҕа уо.д.а. Маны сэргэ, сааны-сэбиргэли туттан буруйу оҥоруу 4,9 %-нан аҕыйаабыт.
БУРУЙУ ОҤОРУУ ТУРУГА
2004 – 15.532
2005 – 18.993
2006 – 24.144
2007 – 23.075
2008 – 20.746
2009 – 18.739
2010 – 17.181
2011 – 15.098
2012 – 12.129
2013 – 10.825
2014 – 10.715
БУРУЙУ АРЫЙЫЫ
2004 – 53,0 %
2005 – 51,0 %
2006 – 43,6 %
2007 – 46,0 %
2008 – 53,2 %
2009 – 58,4 %
2010 – 58,7 %
2011 – 57,5 %
2012 – 64,6 %
2013 – 69,0 %
2014 – 71,7 %
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети