Кылгастык быһаардахха, амнистия буруйу бырастыы гыныыттан (“помилование”) уратыта диэн, чопчу биир киһиэхэ буолбакка, буруйдаахтар хас да көрүҥнэригэр туһуланар. Уонна урут амнистиянан босхолоно сылдьыбыт киһи иккиһин оннук быраапка тиксибэт.
Манна даҕатан эттэххэ, 2013 сыллаахха РФ Конституциятын 20 сылынан биллэриллибит амнистиянан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 191 киһи буруйу боруостааһынтан босхоломмута. Оттон бүтүн дойдуну ыллахха, 1994 сыллаахтан барыта 18 амнистия биллэриллэ сылдьыбыт, 306 169 киһи хаайыыттан босхолломмут. Олортон саамай маассабайдарын ылан көрдөххө: 1994 сыл олунньу 23 күнүттэн – “РФ Конституциятын ылыныынан сибээстээн” -- 21 173 киһи; 1995 сыл муус устар 19 күнүттэн – “Улуу Кыайыы 50 сылынан” -- 4514 киһи; 2000 сыл ыам ыйын 26 күнүттэн – “Улуу Кыайыы 55 сылынан” -- 206 200 киһи; 2001 сыл сэтинньи 30 күнүттэн – “Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уонна дьахталларга туһулаан” -- 31 913 киһи; 2005 сыл муус устар 20 күнүттэн – “Улуу Кыайыы 60 сылынан” -- 210 киһи; 2006 сыл муус устар 19 күнүттэн – “Россияҕа Госдума 100 сылынан” -- 1408 киһи; 2013 сыл ахсынньы 18 күнүттэн – “РФ Конституциятын 20 сылынан” -- 1132 киһи.
Россия Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын (УФСИН) пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Улуу Кыайыы 70 сылынан биллэриллибит амнистияҕа 1577 киһи түбэһэн, буруйу боруостааһынтан бсохолонно. Ол курдук, холуонньалартан 92 хаайыылаах, 1 №-дээх Силиэстийэлиир изолятортан (СИЗО) – 21 киһи. Холуобунай-исполнительнай инспекцияларга учуокка турааччылартан – 1464 киһи, кинилэртэн 16 – сокуоннай сааһын ситэ иликтэр.
Холуонньалартан босхоломмуттартан: 79 хаайыылаах – буруйун боруостаан бүтэрэ сылы кыайбат болдьоҕо хаалбыт; биир – Хотугу Кавказка сэбилэниилээх иирсээҥҥэ кыттыбыт киһи; биир – 50-тан үөһэ саастаах дьахтар; биир – сокуоннай сааһын ситэ илик кэмигэр буруйу оҥорбут; 10 киһи – сэрэҕэ суохтан буруйу оҥорбуттар.
Маныаха биири бэлиэтиир тоҕоостоох. Тыһыынчанан киһи босхолонон таҕыстаҕына, буруйу оҥоруу эмискэ үрдүө суоҕа диэн дьон-сэргэ ортотугар дьаарханыы баар. Дойду үрдүнэн итини ырытан көрбүттэрэ, болдьохторо бүтэн босхоломмуттар буруйу хаттаан оҥоруулара 40 %, оттон амнистиянан босхоломмуттар сокуону хаттаан кэһиилэрэ 7 % -тан үрдээбэт эбит.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети