Төһө да быһыы-майгы ураты уустуга суох ааспытын иһин, Горкун этэринэн, Үөһээ Халыма уонна Зырянка сорох сирэ ууга былдьаммыта.
«Быйылгыны уонна былырыыҥҥыны тэҥниир буоллахха, 2013 сылга Өлүөхүмэттэн саҕалаан хоту улуустарга тиийэ элбэх дьиэ халаан уутугар былдьаммыта. Федеральнай, регионнааҕы уонна олохтоох былаас уорганнара хардарыта дьайсыылаах, биир ситимнээх үлэлэрин түмүгэр, халаан содула, охсуута суох ааста. Орто Халыма, Зырянка уонна Үөһээ Халыма тастарыгар 3-4 хонугунан уу таһыма кыратык үрдүүрэ сабаҕаланар. Муниципалитеттарга биһиги суһаллык дьайар бөлөхтөрбүт үлэлииллэр, нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөллөр, сэрэхтээх буолуу, о.д.а. туһунан иһитиннэрэллэр. Быһыы-майгы туругун Дьокуускайга тиэрдэ, биллэрэ олороллор», - диэтэ кини.
Нэһилиэннэлээх пууннартан уу бардаҕына аналлаах хамыыһыйа дьоҥҥо, социальнай уонна хаһаайыстыбаннай эбийиэктэргэ чопчу хоромньуну ааҕыаҕын туһунан Александр Горкун эттэ. «Барыллаан ааҕыынан хоромньу 147 мөл. солк. сыаналанар. Идэлээх дьон чуолкай хоромньуну аахпыттарын кэнниттэн, бу сыыппара уларыйыаҕа», - диэтэ кини.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети