ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

26 июня 2014, 19:31

Сайыҥҥы үлэ былаан быһыытынан тэриллэр


Тыа хаһаайыстыбатыгар быйыл 48,1 тыһ. га сир туһаныллар. 10,6 тыс. га туораахтаах культура, 27 тыһ. га сиргэ эбии аһылык, 8,4 тыһ. га — хортуоппуй, 2 тыһ. га — оҕуруот аһа ыһыллыбыт. 

Сайыҥҥы үлэни тыа хаһаайыстыбатын штаба сүрүннүүр. 6,6 тыһ. тонна сиэмэни, ол иһигэр 3,1 тыһ. тоннаны республика тас өттүттэн атыыласпыттар. 

Быйыл 457 мөл. солк. суумалаах 1 900 тиэхиньикэни ылбыттар. «Росагролизинг» нөҥүө комбайыннары, сири тиэрэр тиэхиньикэлэри, МТЗ, «Беларусь» тыраахтардары, о.д.а. ылыахтара.

Уматыкка наадыйыы 11 тыһ. тонна.«Туймаада нефть» ити наадыйыыны толору хааччыйар. 

Бэс ыйын 24 күнүнээҕи туругунан 39,8 тыһ. га сир ыһыллыбыт, ол иһигэр 10,6 тыһ. га — туораахтаах культура, 8,4 тыһ. га сиргэ — хортуоппуй, 1,9 тыһ. га — оҕуруот аһа. 

«Күн-дьыл туругуттан сылтаан Амма, Таатта улуустарыгар ыһыы үлэтэ уустугурда. Манна бааһына баһыйар үксэ ууга былдаммыта», - диэтэ И.Слепцов.

От ыйын 1 күнүттэн ыла оттооһун саҕаланар. Оройуоннарга республика бюджетыттан 40 мөл. солк. бэриллэр.



При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 3338 Источник: ЯСИА Автор: Руслан Басыгысов Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ