ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

3 апреля 2015, 10:03

Абыйга "Оҕо сааһым амтаннара" диэн сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт тэрээһин буолла


Абыйга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 70 сылын көрсө "Оҕо сааһым амтаннара" диэн сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт тэрээһин ыытылынна.
photoByWidth&id=28138&width=1000
Белай Горатааҕы Култуура киинигэр бэтэрээннэр барахсаттар сэрии сылларыгар тыылга, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ бэйэни харыстаммат үлэлэрин туоһулуур уордьаннарын, мэтээллэрин түөстэригэр анньынан килэпэчитэн, эйэҕэс мичээр кэһиилээх сааланы толору мустубуттарын көрөн киһи үөрэр, кинилэринэн киэн туттуу санаата үөскүүр.
Улуус уонна бөһүөлэк бэтэрээннэрин сэбиэттэрэ, Белай Гора социальнай үлэһиттэрэ, култуура управлениета биэчэр кыттыылаахтарыгар анаан толору астаах остуоллары тарпыттар. Хас биирдии бэтэрээни үөрэ-көтө көрсөн, маанылаан, бэлиэ күнү бэлэхтээтилэр.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Владимир Ильин бэтэрээннэри эҕэрдэлээн истиҥ тылларынан дьоро киэһэни аста:
- Сэрии сылларын ыар аһыытын эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥэринэн улааппыт, сэрии сылларын оҕолоро дэппит үтүө-мааны дьоммутун Улуу Кыайыы 70 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, барҕа баһыыба тылларын этэбит. Эһиги кэлэр кэскил туһугар күүскүтүн-сыраҕытын анаабыт модун көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэҕит! Үтүө суобастаах үлэҕит кээмэйэ биллибэт, кэрэ дьыалаҕыт эһиги көлүөнэ дьону ордук киэргэтэр, ытыктатар, кэлэр көлүөнэҕэ мэлдьитин чаҕылхай холобур оҥорор.
Салгыы эҕэрдэ, махтал тылларын бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Надежда Атласова, бөһүөлэк баһылыгын солбуйааччы Марианна Жиркова, бөһүөлэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Юлия Чиркова эттилэр.
photoByWidth&id=28142&width=1000
Владимир Ильин уонна Надежда Атласова бэтэрээннэр хамсааһыннарын актыыбынай кыттыылаахтарыгар "Абый улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ" бэлиэни туттардылар. Бочуоттаах бэтэрээн бэлиэлэринэн Белай Гораттан Потапова Екатерина Романовна, Соломова Анна Николаевна, Федоров Геннадий Васильевич, Корякин Николай Николаевич, Слепцов Семен Петрович, Сергеева Анна Моисеевна, Слепцова Матрена Семеновна, Старостина Люция Михайловна, Суздалова Анна Ильинична, Неустроева Римма Ивановна, Сутуруохаттан Стручков Иннокентий Егорович, Стручков Семен Христофорович, Слепцов Валерий Егорович наҕараадаланнылар. Төһө да саастара ырааттар, биһиги бэтэрээннэрбит уопсастыбаннай олоххо, ыччаты патриот тыыныгар иитэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Салгыы тылы улуус Мунньаҕын депутата, Россия Коммунистическай партиятын улуустааҕы салаатын салайааччыта Вера Слепцова ылла. Владимир Ильин, Надежда Атласова, Юлия Чиркова, Вера Слепцова РФКП Киин кэмитиэтэ олохтообут "Сэрии сылын оҕото" мэтээлинэн бэтэрээннэри наҕараадалаатылар. Бэтэрээннэр дууһаларыттан сырдаан, махтанан мэтээллэриттэн харахтара арахпат. Көрөн олорон киһи эрэ долгуйуох!
"Сэрии сылларын оҕолоро" диэн ааттанар аҕа көлүөнэ, оччотооҕу кыһалҕалаах икки кыһарҕаннаах олох бары ыарахаттарын, аас-туор олох алдьархайын: аччыктааһыны, хоргуйууну, өлүүнү-сүтүүнү, тоҥууну-хатыыны, эрэйи-кыһалҕаны оҕо сааһыгар көрсүбүтэ. Онон бу көлүөнэ эрэйи эҥэринэн тэлбит, муҥу муннунан тыырбыт, сэрии иэдээнин эт бэйэтинэн билбит буолан олоххо сыһыана ураты харыстабыллаах, олоҕу анаарыыта олус киэҥ, ааспыт кэми сыаналыыра кырдьыктаах, билиҥҥи олоҕу көрүүтэ дьэҥкэ уонна кэлэр кэми кэрэһилиирэ олус дириҥ ис хоһоонноох. Ити кинилэри олох үөрэппит мындыра.
Тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста. Дьоро киэһэ кыттыылаахтара Изольда Атласова, Гаврил Дохунаев, Аграфена Глушак, Анджелика Жиркова ырыаларын истэн дуоһуйан, ытыстарын күүскэ таһынан биһирииллэрин биллэрдилэр. Сынньанан, астынан, өссө үҥкүүлээн сэгэлдьийдилэр. Кырдьык да, бүгүн кинилэргэ үөрүүлээх күн буолла.
Сэрии сылларын оҕолоро дьаһал үрдүк таһымнаахтык уонна түмсүүлээхтик барбытыгар тэрийээччилэргэ улахан махталларын тириэртилэр.
photoByWidth&id=28143&width=1000
При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 852 Источник: ЯСИА Автор: Сусанна Никитина Подписаться на обновления

Комментарии Добавить комментарий

12235 dhdgs 27 мая 2024, 16:32 Ответить
0
Join combating Eat and Run incidents with MTPolicee.com, your reliable partner in verification. As the best Eat and Run verification company, we aim to maintain the integrity of online food platforms and protect consumers from fraudulent practices. 먹튀검증사이트
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
12235 dhdgs 27 мая 2024, 16:38 Ответить
0
I read that Post and got it fine and informative. flytt luleå
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
MUZAMMIL SEO MUZAMMIL SEO 30 мая 2024, 19:32 Ответить
0
Step into the world of endless possibilities at BAKAR77, the premier online slot destination of 2024! With our gacor slots, enjoy access to the biggest jackpots and simplest winning opportunities. Don’t miss your chance to win big – start playing now! https://sawadeeteahouse.com/
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
seooo servicesss 30 мая 2024, 20:09 Ответить
0
Discover a world of endless possibilities at NONGKI99. With our extensive selection of PG Soft and Pragmatic slots, the only limit is your imagination. https://mindkick.me/
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
adarian adarian.edahi 30 мая 2024, 22:14 Ответить
0
Indulge in the exquisite aroma of freshly baked cakes at our bakery. Our delectable creations are crafted with passion and skill, ensuring a symphony of flavors in every bite. From classic favorites to innovative delights, our bakery is just a haven for food enthusiasts seeking culinary bliss. Don't lose out! Cake Delivery Sydney
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
MUZAMMIL SEO MUZAMMIL SEO 1 июня 2024, 19:13 Ответить
0
Sophisticated Pearl Necklace: Embrace timeless elegance with our sophisticated pearl necklace. This classic piece is perfect for adding a touch of refinement to any outfit, from casual to formal. Experience the luxury of Quartz & Clover's jewelry collection and find your new favorite accessory. Zodiac Signs
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
adarian adarian.edahi 1 июня 2024, 22:56 Ответить
0
An individual's song is certainly impressive. You will have certain rather qualified musicians and artists. That i like everyone one of the best for results. angkot777
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ