ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
27 мая 2015, 11:09

Куокуйга бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэри быһаардылар


2015 сыл дойдуга Литература сылынан биллэриллибитэ. Итинэн сибээстээн Куокуйдааҕы олохтоох библиотекаҕа киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, муус устар ыйга биир дойдулаахпыт И.Р. Петров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттан кэллибит. Биллиилээх суруйааччылар үбүлүөйдэригэр аналлаах кинигэ быыстапкалара, ааҕыылар ыытыллаллар.
Улуу Кыайыы 70 сылыгар эмиэ бэрт элбэх араас таһымнаах үлэ тэрилиннэ. Куокуй библиотеката оскуоланы, оҕо тэрилтэтин, «Угуйаан» Сынньалаҥ киинин уонна түөлбэлэри кытта бииргэ түмсүүлээхтик үлэлиир.
2014-2015 сс. «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн» аатын ыллылар: Александр Михайлович, Ася Алексеевна Гуляевтар, Владислав Иннокентьевич, Ася Ивановна Яковлевтар, Василий Павлович, Лидия Чолбоновна Петровтар. Бу дьиэ кэргэн оҕолоро үчүгэйдик үөрэнэллэр, төрөппүттэрин кытта нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Василий Павлович Петров 2011-2012 сс. сылларга нэһилиэк бастыҥ ааҕааччытынан билиниллибитэ. Оттон Яковлевтар, Гуляевтар оҕолоро 2014- 2015 сс. улууска ыытыллар куонкурустарга ситиһиилээхтик кытыннылар.
Чахчы даҕаны, «Ким билиилээх – ол сэбилэниилээх», «Кинигэ баар – бараммат баай» диэн норуот муудараһа этэр. Өссө даҕаны ааҕар дьиэ кэргэннэр элбии турдуннар!
При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Культура Просмотров: 595 Источник: ЯСИА Автор: Варвара Спиридонова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ