ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

28 января 2014, 17:04

Саха сирин олохтоохторун пенсиялара олунньуттан муҥутаан 982 солкуобайынан үрдүөҕэ


2014 сыл олунньу 1 күнүттэн 37,8 мөл. Россия пенсионердарын үлэлэрин пенсията 6,5 бырыһыанынан индексияланыа. Ол түмүгэр кырдьаҕаһынан үлэ пенсията кээмэйэ 11,4 тыһ. солкуобай буолуоҕа, диэн СИА-ҕа Саха сирин РПФ-тан иһитиннэрэллэр.

2014 сыл муус устар 1 күнүттэн РПФ дохуота үрдээһинин учуоттаан, үлэ пенсията уонна ааспыт сыллаахха пенсионердар олохторун тыыннаах хаалар кээмэйэ улаатыытыттан көрөн эбиллиэҕэ.

Муус устар 1 күнүттэн ый аайы төлөнөр харчы 5 бырыһыанынан индексацияланыа.

Атырдьах ыйыгар буоларын курдук, үлэлиир пенсионердар пенсияларын хаттаан ааҕыахтара.

Саха Республикатыгар үрдээһин кээмэйэ ортотунан 431-тэн 982 диэри солкуобайынан эбиллиэ. Үлэ пенсиятын орто кээмэйэ уопсайынан 940 солк. улаатыа  Сааһынан пенсия орто кээмэйэ 982 солкуобайынан, оттон инбэлиитинэн пенсия - 688 солкуобайынан эбиллиэхтэрэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха Республикатыгар 257 тыһ. пенсионер баар, олортон кырдьаҕаһынан үлэ пенсиятын ылааччы – 204 тыһыынча, инбэлиитинэн – 15 тыһыынча уонна иитэри киһитин сүтэрбититтэр – 10 тыһыынча киһи.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Жизнь Просмотров: 1231 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ