СИА-ҕа тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, уу таһыма намтаатаҕына, ардах тохтоотоҕуна эрэ өрөмүөннүүр үлэ ыытыллыаҕа. Суол болотуната олус инчэҕэй. Республкатааҕы суол таһыгар баар өрүстэр, үрэхтэр аһара туоланнар, кытылтан таҕыстылар.
Амма-Аллараа-Бэстээх хайысханан суолга алта киһи, биир бульдозер үлэлиир. «Амгаавтодор» ААО, «Харбалах», «Уолба-Булун» суолга «Таттаавтодор» ХЭТ үлэлииллэр.
Грузовой тырааныспар бу суолларынан сырыыта бобулунна. ЫБММ Амма – Аллараа Бэстээх суолунан айаннаабакка сүбэлиир.
Бу суолларга массыына мунньуллуута суох. «Амма» МТ нэһилиэктэригэр ас-үөл, эмп-томп саппааһа 30 күҥҥэ диэри тиийиэн сөп.
Амма 9-с №-дээх баһаарынай сулууспат үлэлиир.
Саха сирин быыһааччыларын суһаллык дьайар бөлөҕө «КамАЗ» - «Сайгак» массыынанан Дьокуускайтан турда. Ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ, көмөнү оҥорорго бэлэм.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети