ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Фотоматериалы

альбомы
(Не отображено 37 фото) Просмотреть все

На карте

19 июня 2014, 17:30

Юрий Зайцев: 2014 сыллааҕы Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэммит


Хаҥалас улууһун баһылыга Юрий Зайцев СИА-ҕа Орто Дойдуга буолар сыл сүрүн бырааһынньыгар — Ыһыахха бэлэмнэнии туһунан кэпсээтэ.

Саха норуота биһигин ыйаабыт сиригэр — Хаҥалас улууһугар быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар. Эркээни хочотугар баар Орто Дойду сиригэр-уотугар үс ый иһигэр дьоҕус куорат тутуллан, дьэндэйэн таҕыста.

photoByWidth&id=7327&width=1000

«Олоҥхо Ыһыаҕа биһиги улууспутугар ыытылларын туһунан аан бастаан 2011 сыллаахха билбиппит. 2012 сылга Ыһыах ыытыллар сирин бырайыактаан барбыппыт. 2013 сылга бастакы мунньахха тэрээһин, техническэй хааччыллыы уонна докумуон боппуростарын ырыппыппыт. Ону таһынан маастардары кытаанахтык талбыппыт. Бу сыл муус устарыттан ыла тутууга күүрүүлээхтик ылсыбыппыт. Билигин 2014 сыллааҕы Олоҥхо Ыһыаҕын ыытарга тилэри бэлэммит», - диэтэ  Юрий Зайцев.

photoByWidth&id=7328&width=1000

Манна уопсайа 20-тэн тахса саҥа комплекс тутулунна. Ураһалар бастакы эрээттэрэ Хаҥалас нэһилиэктэригэр, иккис эрээт — тэрилтэлэргэ ананар. Хас биирдии нэһилиэк түһүлгэтигэр икки улуус делегациятын көрсүөхтэрэ уонна арыаллыахтара.

photoByWidth&id=7329&width=1000

Аартык уҥа өттүнэн дьахталлар, оттон хаҥас өттүнэн эр дьон ааһаллар.

Ыһыахха 50-70 тыһыынча ыалдьыт кэлиэҕэ, кинилэртэн 700 — өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын делегациялара.



При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Культура Просмотров: 4001 Источник: ЯСИА Автор: Айсен Николаев Изображение: Айсен Николаев Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ