Былырыын туруорсуллубут 12 боппуруостан биэһигэр үлэ-хамнас барбыт. Бүлүү ГЭС-н уотун саамай бүтэһик линиятыгар олорор буолан сайыҥҥы-күһүҥҥү өттүгэр улаханнык эрэйдэнэбит. Бүлүү диэки туох эмит өрөмүөн буолла да, биһигини арааран кэбиһэллэр. Онон газовай электростанцияны туруорсубуппут туолбата. Барбах Мастаах – Мукучу линияҕа өрөмүөн барда, оттон Бүлүү федеральнай суолугар тахсар өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Кэбээйи – Тыайа – Лүксүгүн – Мастаах – Мукучу суолбутугар өрөмүөн уонна Дьороон, Баппаҕаайы, Танара үрэхтэригэр муоста тутуутугар үлэ бара илик. Танараттан Хампаҕа диэри суолу өрөмүөннээтилэр. Онон быйыл биһиги диэки өрөмүөн үлэтэ саҕаланар ини диэн эрэллээхпит.
- Маҥан – Мастаах – Маҥан, Сангаар – Мастаах – Мукучу – Сангаар дотациялаах рейс нэдиэлэ бүтэһигэр көтөр буолан ситэри көппөтө. Сангаар рейсэ бээтинсэ күн буолан, дьыалаҕа барар дьоҥҥо табыгаһа суох, үс күн таах өрүүргэ тиийиллэр.
- Соболоох – Ньидьили лицензиялаах учаастагар гааһы көрдүүр-чинчийэр үлэҕэ бырабыыталыстыбаттан Быраҥатталаах, Ньидьили курдук харыстанар Эбэлэрбитигэр оһуобай хонтуруолу олохтууругар көрдөспүппүт, туолла. Атын сиртэн от аҕалыытыгар бырабыыталыстыба көмөлөстө.
- Быйыл нэһилиэнньэ бырабыыталыстыба бөлөҕөруон боппуруоһу туруоруста:
- 50 миэстэлээх оҕо саадын тутууну;
- Мастаах – Мукучу уот линиятыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытары;
- газовай электростанцияны тутууну;
- оттуур сирдэр ууга баран, дулҕа-аппа буолбуттарынан, мелиоративнай үлэни ыытыыны;
- Мастаах – Мукучу – Хампа суолугар өрөмүөннүүр үлэни, Баппаҕаайы, Танара үрэхтэргэ муоста тутуутун. Кыһыҥҥы өттүгэр Лүксүгүн – Мастаах – Мукучу суолугар үбү көрөргө;
- нэһилиэнньэ туһанарыгар Мукучу кууһугар (онно киирэллэр Чагда, Лүксүгүн, Арыктаах, Мастаах, Арыылаах, Баҕадьа уонна Мукучу бөһүөлэктэрэ) Сбербаан филиалын аһары;
- 2015 сылга Маҥан – Мастаах – Маҥан, Сангаар – Мастаах – Мукучу – Сангаар дотациялаах рейстэри элбэтэри, көтөр күнүн бээтинсэттэн бэнидиэнньиккэ көһөрөрү. Сангаар – Чагда – Арыктаах – Мастаах – Мукучу – Сангаар рейси сөргүтэри;
- Мастаах бөһүөлэгэр баһаарынай депону аһары;
- 2014 с. ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээбит дьон хамнаһын төлүүргэ;
- “Тукулаан” диэн оҕо экологическай пааркатын ситэрэргэ үбү-харчыны көрөрү.
- Нэһилиэнньэ бырабыыталыстыба үлэтин, Москва биирдэ тутуллубатаҕа диэнинэн сирдэтэн, “үчүгэйинэн” сыаналаата.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети