Майа олохтооҕо Степан Марков атын регионнарга сэрии сылларын оҕолорун тыыл бэтэрээннэригэр тэҥнээн государствоттан көмө көрөллөрүн туһунан этэн туран, «эһиил кыайыы 70 сылынан сибээстээн сэрии сылларын оҕолоро тыыл бэтэрээннэрин ахсааннарыгар киириэхтэрин сөп дуо уонна туох көмө оҥоһуллуоҕай» диэн ыйытта.
Егор Афанасьевич этэринэн, бүтүн көлүөнэ дьоҥҥо хайдах да чэпчэтии, государствоттан көмө көрүллэр кыаҕа суох.
"Бүтүн көлүөнэ дьоҥҥо чэпчэтии, государствоттан көмө көрүллүбүтэ диэн ханна да суох. Мин санаабар, чэпчэтии чахчы көмөҕө наадыйар дьоҥҥо бэриллиэхтээх. Сэрии кэмигэр тулаайах, иитимньитэ суох хаалбыт, инбэлиит буолбут дьоннор бааллар. Кинилэргэ көмөнү оҥоруохха сөп этэ. Оттон бүтүн көлүөнэҕэ көмө оҥоруу кыаллыбат", - диэн этэр кини.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети